Олоҥхо декадатынан «Арылхан» фольклорнай бөлөх оҕолоро, нэһилиэкпит түөлбэлээн олорор кырдьаҕастарбытыгар Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардан иһитиннэрдилэр.


⚜ Сэтинньи ый 27 күнүгэр Олоҥхо декадатынан М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин иһинэн үлэлиир «Арылхан» фольклорнай бөлөх оҕолоро салайааччы Кожурова О.М., Платонова Е.В. нэһилиэкпит түөлбэлээн олорор кырдьаҕастарбытыгар Ю.Борисов «Баһырҕастаах ааттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардан иһитиннэрдилэр ⚜ ону тэҥэ олохтоох библиотека үлэһитэ Егорова М.И. Амма улууһугар олоҥхо сылын чэрчитинэн тахсыбыт кинигэлэри кытта билсиһиннэрдэ. Ытык — мааны дьоммут олус сэргээн, сэҥээрэн иһиттилэр. Бу курдук олоҥхобут үүнэ- сайда, сэҥээриллэ, сайда турдун⚜

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *