Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» бырайыак чэрчитинэн Болугурга, Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу илиҥҥи Федеральнай университет Олоҥхо научнай-чинчийэр институт «Лингвофольклористика» секторын салайааччыта, филологическай наука кандидата, Олоҥхоһут Юрий Петрович Борисов «Баһарҕастаах аттаах Баабый Боотур» олоҥхону толорон иһитиннэрдэ.