Аммаҕа 17 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕа тэриллэрэ 100 хонук хаалбытын Болугур нэһилиэгэ сэргэхтик ыытта. Сарсыардаттан Колосок оҕо уһуйаана, Болугур орто оскуолатын тэрилтэлэрэ араас тэрээһиннэри ыыттылар. Күнүс 2 чаастан нэһилиэк олохтоохторо култуура киинигэр мустан, сахалыы таҥас таҥнан, сэлэлээн хааман сынньалаҥ пааркаҕа «Тойон ураһаҕа» бу дьоро күнү бэлиэтээтилэр. Нэһилиэкпит ытыктанар дьоно ытык маска алгыстаах алаадьы уурдулар. Аҕа баһылыкпыт Петров А. Н., Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо «Тыа сирин бастыҥ баһылыга» ытык-мааны киһибит М. В. Софронова алгыс, эҕэрдэ тыллары эттилэр. Нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара олоҥхо ыһыаҕар анаан тикпит олбохтору баһылыкка туттардылар. Олоҥхо ыһыаҕар бары биир санаанан салайтаран, түмсэн үрдүк таһымҥа атаарыаҕын.