Кулун тутар 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка СӨ норуот маастарын күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка — дьаарбаҥка, сахалыы таҥастаах сэлэлээн хаамыы буолла.
Амма улууһуттан 80-ча киһи сүрдээх тэрээһиннээхтик оҥостон киирэн кытынна. Амма, Алтан, Бөтүҥ, Эмис, Бологур, Чапчылҕан, Амма-Наахара, Сулҕаччы, Сэргэ Бэс Мээндиги нэһилиэктэриттэн кытыннылар. Болугур нэһилиэгэ бу сыллар тухары олус тэрээһиннээхтик кыттабыт, биһиги нэһилиэктэн кыттыыны ылар «Арчылаана», «Чөмчүүк» түмсүүлэрбитигэр ыччаттарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Өрүү маннык биир сомоҕо буолан дойдубут, Аммабыт аатын ааттата туруоҕун. Эһиги көмөҕүтүнэн, Алгыспытынан Олоҥхобут ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ааһыа диэн эрэнэбит.