Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар тэрээһиннэр

Амма улууһугар ыытыллар олоҥхо ыһыаҕын көрсө Василий Неустроев — Байаан Бааска нэһилиэктэри кэрийэн кырыымпаҕа оонньуурга дьону үөрэтэр үлэтин саҕалаабыта ыраатта. Олунньу 7 күнүгэр Болугур нэһилиэгин кырыымпаҕа оонньуур дьонугар маастар-кылаас ыытта. Манна «Сарыада» фольклорнай бөлөх (сал. Платонова Е.В.), «Арчылаана» эбээлэр түмсүүлэрэ (сал. Иванова У.И.) кыттыыны ыллылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *