Архивы за месяц Январь, 2024

Болугурга улуус баһылыгын 2023 сыллаах үлэтин түмүгүн отчуота

Тохсунньу ый 29 күнүгэр күнүс 14:00 чаастан, М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр, «Амма улууһа» муниципальнай оройуон Аҕа баһылыга Кузьмин Степан Николаевич 2023 сыл түмүгүнэн нэһилиэк иннигэр отчуоттуур мунньаҕа ыытылынна. Отчуоттуур бөлөххө кыттыыны ыллылар: Отчуот түмүгүнэн баһылык үлэтэ үрдүк биһирэбилинэн сыаналанна. Отчуот мунньаҕар барыта 120 киһи кыттыыны ылла.

Болугурга олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллаллар

Улууска ыытыллар олоҥхо ыһыаҕын көрсө нэһилиэкпит тэрилтэлэринэн, түмсүүлэринэн бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллаллар. «Арчылаана» эбээлэр түмсүүлэрэ (сал. Иванова У.И.) 400 м. сиэлинэн салама ситии хатааһынын култуура киинигэр мустан үлэлииллэр. Ситии сиэлин ТХПК «Болугур», КФХ-ларбыт биэрэн үлэ күүстээхтик барар. Уран тарбахтаах иистэҥньэн И.В. Гаврильева тохсунньу 26 күнүгэр нэһилиэк тэрилтэлэригэр олбох тигиигэ маастар кылаас ыытта. Олбох таҥаһа эрдэ ылыллан …

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө

Тохсунньу ый 17 күнүгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр 2024 сылга Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан сүбэ мунньах ыытылынна. Мунньаҕы иилээн ыытта директор У.Ю. Кузьмина, уус-уран салайааччы Е.В. Платонова. Кыттыыны ыллылар «Болугур нэһилиэгин» МТ баһылыгын солбуйааччы Р.Н. Софронова, норуот маастара С.П. Устинов, уран уустар У.М. Михайлова-Маай Кыыһа, В.М. Константинова, «Арчылаана» эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта У.И. Иванова, …

«Үтүө санаа түөлбэтэ» фонда

Тохсунньу ый 15 күнүгэр нэһилиэкпитигэр саҥа сылы көрсө «Үтүө санаа түөлбэтэ» фонда тэриллэн үлэтин атыы-эргиэн дьаарбаҥкатынан өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус сэргэхтик саҕалаата. М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр элбэх киһи түмсэн атыылаһан бары илии тутуурдаах бардылар. Бу фондаҕа көхтөөхтүк кыттыбыт нэһилиэкпит дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Уопсайа 51 000 солк киирдэ.Үп-харчы нэһилиэккэ тэриллибит НКО «Сириус» (некоммерческое организация) счетугар …

Алтан Сабарай Бухатыыр

Ытык-мааны Болугур нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Эһигини Эргэ Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран биир дойдулаахпыт олоҥхоһут, импровизатор Алексей Григорьевич Агапов олоҥхотун ырыаларыгар олоҕуран, биир дойдулаахпыт Саргы Куо айымньытынан тупсарыллыбыт «Алтан Сабарай бухатыыр» олоҥхо испэхтээкили көрүҥ.

«РДК 80»

Тохсунньу ый 3 күнүгэр, Саҥа дьылынан Амма нэһилиэгиттэн «РДК 80» тыыннаах доҕуһуолунан кэрэ, бастыҥ ырыалары бэлэх уунна. Дьон — сэргэ тоҕуоруһа мустан үҥкүүлээн, үөрэн — көтөн бардылар. Махталбытын тиэрдэбит салайааччыга Орестов Юрий Юрьевичка, субу курдук үүнэр көлүөнэҕэ тарҕата, ыллыы — туойа сылдьын.

«Айса»

Ахсынньы 31 күнэ Саргылаах Саҥа дьылынан, биир дойдулаахпыт, Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа «Айса» айар киэһээтинэн, ылбаҕай ырыатынан саҥа сылбытын көрүстүбүт